МКУК «Чурапчинская МЦБС» филиал №7
Телейская библиотека нового поколения «IT-ТАЛ»

Библиотека нового поколения IT — ТАЛ

“Любовь к книге возникает, когда за текстом стоят не только буквы, но и смысл, который если не понятен, то о нем можно поговорить за семейным столом. В этом случае книга становится членом семьи, и тогда уже не возникает вопроса: «Почему молодежь мало читает»? Нужно всегда начинать с себя: читаешь ты – читают и твои дети! Олег Рой

Бүгүн Төлөйгө «Култуура» төрүт бырайыагынан модернизированнай бибилэтиэкэ арылынна

Бүгүн Чурапчы улууһун Төлөй уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Нөөрүктээйи нэһилиэктэригэр “Култуура” төрүт бырайыагынан икки модернизированнай бибилэтиэкэ арылынна.

“Хас биирдии ааҕааччы бибилэтиэкэҕэ аныгы электроннай өҥөнөн хааччылар буолуоҕа. Ол онно сыһыаран СМАРТ-лаборатория, тыас-уус устуудьуйата, коворкинг-киин, библио-кафе үлэлиир”, — диэн Төлөй нэһилиэгин бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Изабелла Кузьмина кэпсиир.

Санатан эттэххэ, сэтинньи ый саҕатыгар, дойду бэрэсэдьиэнин култуура боппуруостарыгар сүбэһитэ, нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин Норуоттар икки ардыларынааҕы холбоһук бэрэсэдьиэнэ Владимир Толстой, СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка “Кинигэ уонна ааҕыы территорията” диэн бочуоттаах аат бэлиэтин туттарбыта.

Саха сирэ модельнай бибилэтиэкэлэри тэрийиигэ, Илин Уһук уокуругар инники күөҥҥэ сылдьар. 2021 сылга “Култуура эйгэтэ” бэдэрээлинэй бырайыак олоххо киирэн алта модельнай бибилэтиэкэлэр Алдаҥҥа, Хаҥаласка, Мииринэйгэ, Горнайга, Мэҥэ Хаҥаласка уонна Чурапчыга арыллаллара былааннаммыта.

Оттон бүгүн бэйэбит улууспут Төлөй нэһилиэгэр толору хааччылыылаах бибилэтиэкэ үөрүүлээх арыллыыта буолбутунан нэһилиэк олохтоохторун эҕэрдэлээн кэбиһиэҕин.

Источник: санаолох.рф

Комментарий читателей статьи "Бүгүн Төлөйгө «Култуура» төрүт бырайыагынан модернизированнай бибилэтиэкэ арылынна"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *