МКУК «Чурапчинская МЦБС» филиал №7
Телейская библиотека нового поколения «IT-ТАЛ»

Библиотека нового поколения IT — ТАЛ

“Любовь к книге возникает, когда за текстом стоят не только буквы, но и смысл, который если не понятен, то о нем можно поговорить за семейным столом. В этом случае книга становится членом семьи, и тогда уже не возникает вопроса: «Почему молодежь мало читает»? Нужно всегда начинать с себя: читаешь ты – читают и твои дети! Олег Рой

Акция «Белые журавли»


  
  Ыам ыйын 8 күнүгэр Төлөйдөөҕү «I-tal» cаҥа көлүөнэ библиотеката «Белые журавли» акцияҕа кытынна. Акция кыттыылаахтара Расул Гамзатов «Журавли» хоһоонун иһиттилэр, хоһоон хайдах тиһиллэн суруллубутун биллилэр. Уонна бэйэлэрин илиилэринэн журавль оҥордулар.


«Журавли» хоһооҥҥо хоһуллуута .

    1965 сыл атырдьах ыйыгар, сэрии бүппүтэ 20 сылын кэнниттэн култуура үлэһиттэриттэн састааптаах сэбиэскэй дэлэгээссийэ Япония Хиросима куоратыгар өйдөбүнньүк дьаһалларга сылдьыбыта. Дэлэгээссийэ састаабыгар уопсастыбаннай, бэлитии­чэскэй диэйэтэл, Сталин уонна Ленин бириэмийэлэрин лауреаттара, Дагестан АССР норуодунай бэйиэтэ, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Расул Гамзатов баара.


    Хиросима куорат киин болуоссатыгар илиитигэр туруйаны тутан турар кыыс өйдөбүнньүгэ турара. Бу өйдөбүнньүк — Хиросиманы буомбалааһын кэнниттэн сардаҥа ыарыытыгар ылларбыт Садако Сасаки диэн кыыс кэриэһигэр оҥоһуллубут. Кыысчаан тыһыынча туруйаны оҥордоҕуна, уодаһыннаах ыарыы уонна буомба содуллара букатыннаахтык сүтүөхтээхтэрин туһунан Япония былыргы номоҕор олус итэҕэйбит. Ол да иһин, Садака үтүөрэр баҕаттан күн аайы кумааҕыттан туруйалары кырыйталаан барбыт. Ол гынан баран, кыысчаан тыһыынча туру­йаны ситэри оҥорбокко эрэ, 1955 сыллаахха күһүн өлбүт.

    Расул Гамзатов ити өйдөбүнньүгү көрөн уонна Орто дойдуга саҥардыы олорон испит кыыс­чаан кылгас олоҕуттан олус уйадыйбыта. Эбиитин Японияҕа сылдьар кэмигэр ийэтэ өлбүтүн туһунан тэлэгирээмэни туппута.

Расул Гамзатов ол туһунан маннык ахтыбыта: “… Мин Японияҕа сылдьар кэммэр хантан эрэ, баҕар, биһиги Сибиирбититтэн буолуо, туруйалар үөрдэрэ көтөн ааспыта. Кинилэри олус улахан маҥан көтөрдөр курдук көрбүтүм. Баҕар, Япония ийэлэрин маҥан таҥастара биһиги хайаҕа олорор дьахталларбыт хара саал былааттарыгар чугастыы буолан оннук көрбүтүм эбитэ дуу? Атом эстиититтэн хараҕа суох буолбут дьон Хиросима тааһын үрүҥ торуоскаларынан тоҥсуйаллара. Кырачаан японка кумааҕыттан маҥан туруйалары кырыйбыта, ийэм өлбүтүн туһунан тэлэгирээмэ эмиэ маҕан өҥнөөх этэ…

    Хоһооннор кыра аайыттан үөскээбэттэр, кинилэр дириҥ айманыы, долгуйуу кэнниттэн төрүүллэр. Мин бэйэм убайдарбын, сэрииттэн төннүбэтэх биир сэ­­лиэнньэм 70 киһитин, 20 мөлү­йүөн өлбүт биир дойдулаахтарым туһунан санаабытым.

    Кинилэр мин сүрэхпин тоҥсуйбуттара, биир-биир хараҕым иннигэр элэҥнээн ааспыттара уонна чыпчылыйыах икки ардыгар маҥан туруйаларга кубулуйбут курдук буолбуттара”.     Гамзатов дойдутугар төннөн баран, төрөөбүт аварын тылынан “Туруйалар” диэн хоһоону суруйбута. Онон, Япония кыыс­чаанын курус устуоруйата айар үлэтигэр саҥа кэрдиис буолбута. Кини хааннаах кыргыһыылартан төннүбэтэх биир дойдулаахтарын уонна доҕотторун туһунан суруйбута, оттон хоһоонугар хоһу­йуллубут туруйалар сэриигэ өлбүт джигиттэр символларынан буолбуттара.

Комментарий читателей статьи "Акция «Белые журавли»"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *