Бүгүн Чурапчы улууһа төрүттэммит күнэ
- 25/03/2024
- 69
- нет
История быыһын сэгэтэн көрдөххө —
Урут Боотуруускай улуус диэн ааттааҕа. Улуус аан маҥнай история5а киирбит сылынан буолар 1638 сыл. Былыр нууччалар Саха сирин булуохтарын иннинэ сахалар А5а ууhунан олорор эрдэхтэринэ Боотур Уустар диэн элбэх ахсааннаах а5а уустара бааллара. Боотурускайдары торуттээччинэн Дьуон Дьаҥылы со5отох уола Боотур Уус буолар. Боотурускай улууһа оччотооҕуга Саха уобалаһыгар улахан сүдү сири тайаан сытар улуус буолар. Ол курдук киирэллэрэ: Чурапчы, Таатта, Амма, Мэҥэ уонна Уус-Алдан кыра сирдэрэ.
Улуус дьоно элбээн нэһилиэктэр арахсыылара буолар. Холобур, биир улахан Хатылы нэһилиэгэ арахсан тус-туспа биэс Хатылылар тахсаллар. Оннук элбэх нэһилиэктэр арахсаннар улууһу экономическай өттүнэн салайар ыарахаттары үөскэтэр, нэһилиэктэр бэйэ-бэйэлэриттэн ыраахтара, суол-иис суоҕа эбиитин улуус баайдара кулуба дуоһунаһыгар бэртэрин былдьаһыытыттан сылтаан ахсынньы ый 12 күнүгэр 1911 сыллаахха Боотурусскай соҕуруу өттунэн Амма улууһа арахсан барар. Икки сылынан тохсунньу ый 1 күнүгэр 1913 сыллаахха Боотурусскай хоту өттүнэн Таатта улууһа арахсан барар. Кулун тутар 25 күнүгэр 1930 сыллаахха Боотурусскай улууһу Чурапчы районугар уларыталлар. Урукку олус дириҥ историялаах
Саха сирин улуустарыттан сүппүтэ. Ол оннугар саҥа историяны саҕалаан Чурапчы улууһа буолбута.
Улуус территориятыгар 17 нэһилиэк, 29 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Билиҥҥи туругунан, 20900 киһи олорор. Күн бүгүн Чурапчыбыт улууһун дьоно-сэргэтэ төрөөбүт түөлбэтэ чэчирии сайдарын туһугар таһаарыылаахтык үлэлиир. Нэһилиэнньэтин ахсаана 20900 киһиэхэ тиийдэ. Ынах сүөһүтэ—19510, сылгыта—16500.
№ | Сельские поселения | Административный центр | Количество населённых пунктов | Площадь, км2 |
1 | Алагарский наслег | село Чыаппара | 1 | 376.6 |
2 | Арылахский наслег | село Арылах | 1 | 366.6 |
3 | Бахсытский наслег | село Толон | 2 | 384.9 |
4 | Болтогинский наслег | село Харбала 2-я | 2 | 422 |
5 | Болугурский наслег | село Мындагай | 2 | 1820.9 |
6 | Кытанахский наслег | село Килянки | 1 | 605.4 |
7 | Мугудайский наслег | село Маралайы | 1 | 512.5 |
8 | Ожулунский наслег | село Дябыла | 3 | 626.6 |
9 | Соловьевский наслег | село Мырыла | 2 | 3124 |
10 | Сыланский наслег | село Усун-Кюёль | 5 | 790.4 |
11 | Тёлёйский наслег | село Тёлёй-Диринг | 2 | 234.8 |
12 | Хадарский наслег | село Юрюнг-Кюёль | 2 | 520.4 |
13 | Хатылынский наслег | село Харбала 1-я | 1 | 719.2 |
14 | Хаяхсытский наслег | село Туора-Кюёль | 1 | 439.2 |
15 | Хоптогинский наслег | село Диринг | 2 | 609.2 |
16 | Чакырский наслег | село Толон | 1 | 929.6 |
17 | Чурапчинский наслег | село Чурапча | 1 | 94.8 |
Комментарий читателей статьи "Бүгүн Чурапчы улууһа төрүттэммит күнэ"