Сахалыы дьыктааны суруйуу төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллан , Төлөйдөөҕү саҥа көлүөнэ библиотекатыгар 16 киһи кытынна. Коркина Галина Ивановна; Гуляева Наталья Егоровна; Попов Егор Петрович. Бары суруйбут кыттааччыларга туоһу сурук туттарылынна. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун! Төрөөбүт тылгытын таптаан, харыстаан!
Сыала: Төлөй нэһилиэгин тэрилтэлэрэ, эдэр ыаллара, аҕа саастаах дьоно, куруһуок салайааччылара, уус, иистэнньэҥ дьоно мустан санаа атастаһыы. Өбүгэ үгэһин, сиэрин – туомун сайыннарыы, уопут үллэстии. Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэни тэрийии. Кыттыыны ылла Чурапчытааҕы библиотечнай ситим дириэктэрэ, » Барҕарыы» фонда стипендиата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ — Вера Аполлоновна Платонова. I Түһүлгэ. 10:00-11:00ч – Төлөйдөөҕү […]
Муҥурун булларбатах Муора баай Саха тыла Сайда -үүнэ турарыгар Санаабытын холбооммут, Үйэбитин анааммыт Үлүһүйэн үлэлиэххэ! Саха норуота түмсэммит Үүнэ — үрдүү туруохха!