Төлөйгө олунньу 18 күнүгэр «Сахалыы дьыктаан» буолан ааста.
- 18/02/2023
- 137
- нет
Сахалыы дьыктааны суруйуу төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллан , Төлөйдөөҕү саҥа көлүөнэ библиотекатыгар 16 киһи кытынна.
- «Сахалыы дьыктаан» суруйуутугар «Бастыҥтан бастыҥ суруксут» аат иҥэрилиннэ :
Коркина Галина Ивановна;
- «Сахалыы дьыктаан» суруйуутугар «Бастыҥ суруксут» аат иҥэрилиннэ :
Гуляева Наталья Егоровна;
- «Сахалыы дьыктаан» суруйуутугар «Үчүгэй суруксут» аат иҥэрилиннэ :
Попов Егор Петрович.
Бары суруйбут кыттааччыларга туоһу сурук туттарылынна.
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун! Төрөөбүт тылгытын таптаан, харыстаан!
Комментарий читателей статьи "Төлөйгө олунньу 18 күнүгэр «Сахалыы дьыктаан» буолан ааста."